«Эн
, Хомсомуол - мин дьолум!»
Комсомол
төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах тэрээhиннэр оскуола5а буолан аастылар. Салгын саанан ытыы курэ5эр 40 о5о кытынна. Нэhилиэкпитигэр ыытыллыбыт комсомольскай
субуотунньукка оскуола коллектива көхтөөхтук кытынна.
Алтынньы
29 күнүгэр оскуола ветеран
комсомолецтарын тэрээhининэн «Эн,
Комсомол – мин дьолум» диэн улахан
тэрээhин
буолла. Кэлбит ыалдьыттарга тэрийээччилэр комсомольскай значок силуэттаах
бантиктары, ырыанньыктары киирэн истэхтэринэ туттартаатылар. Тэрээhин үөрүүлээх аhыллыытыгар ус көлүөнэ
- горн тыаhынан
пионердар, комсомол ырыатынан комсомоллар, партия чилиэннэрэ киирдилэр. Сал5ыы
партия төлөннөөх байыаhа
Иванова Е.П., Арыылаах отделениетын комсомольскай тэрилтэтигэр сэкиритээринэн
үлэлээбит Николаева В.Е, Павлик Морозов аатынан
пионерскай дружина старшай баhаатайынан
үлэлээбит Данилова Н.Ю. төлөннөөх э5эрдэ тыллары эттилэр. Оскуола директора
Никитина Л.Г. комсомол ветераннарыгар э5эрдэ суруктары туттартаата.
Тэрээhин иккис чааhыгар «Бойобуой ааккынан киэн туттан» диэн литературнай музыкальнай композиция5а
комсомол историята барыта көстөн ааста. «Комсомол билиэтэ», «Прощание», «Хохочой», «Тыыннаахтар умнубат
сыллара», «19с хайыhар биригээдэтэ», «Песня о тревожной
молодости», «БАМ туhунан
ырыа», ылланнылар. «Едем мы друзья в
дальние края» ырыанан эдэр учууталлар, араас тутууларга үлэлээн географическай
аадырытара кэҥээбитин оскуола о5олоро
«Мой адрес Советский союз» ырыанан үҥкүү туруордулар. Мустубут дьон
комсомольскай ырыалары байаан до5уhуоллаах
күргүөмүнэн ыллаан , хаартыска5а түhэн
астынан тар5астылар. |